30 Муус устар 30.04
  • -6°
  • $ 91,78
  • 98,03

Сайыҥҥы кэмҥэ оҕолору социальнай хантыраагынан үлэнэн хааччыйыахтара

Хаартыска: Саха НКИХ
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр социальнай хантыраак бырагырааматын чэрчитинэн сайыҥҥы кэмҥэ оҕолорго үлэ булан биэриэхтэрэ. Бу туһунан СӨ үлэтин уонна социальнай сайдыытын миниистирин солбуйааччы Альбина Трубина иһитиннэрдэ.

«Ил Дархан Айсен Николаев соруйуутунан, оҕону үлэнэн хааччыйыы бырагырааматын олоххо киллэрии үлэтэ бара турар. Бырагыраама «Мин маҥнайгы хамнаһым» диэн ааттаах. Сокуоннай саастарын ситэ илик 14 саастаах оҕолорго анаан хамнас төлөнөрүгэр, социальнай хантыраак чэрчитинэн анал бырагыраама көрүллүөҕэ. Биллэн туран, бу сайыҥҥы кэмҥэ эрэ буолар. Бырагыраама олоххо киирэригэр пилотнай улуустар быһаарыллыахтара. Онтон кэлин бу бырайыак бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕаныаҕа», — диэн кини эттэ.

Бэлиэтээн эттэххэ, бырагыраама үлэтэ 2024 сыл бэс ыйын 1 күнүттэн саҕаланыаҕа, суруйда Саха НКИХ саайта.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА