25 Сэтинньи 25.11
  • -19°
  • $ 102,58
  • 107,43

Сахастат: Алтынньыттан саҕалаан ас сыаната үрдээтэ

15:08, 25 ноября 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Алтынньыга табаардар уонна өҥөлөр сыаналара иннинээҕи ыйтан 0,4% үрдээбитин бэлиэтээтилэр. Ордук ас сыаната үрдээбит (+1,0%). Өҥө эйгэтигэр, төттөрүтүн сыана түһүүтүн бэлиэтээбиттэр (-0,1%), диэн Сахастат биллэрэр.

Алтынньыга эт аһылыгар сыана биллэ үрдээбитэ, ол быыһыгар сүөһү быарыгар 4,0%, уҥуоҕа суох сибиинньэ этигэр —  3,9%, тоҥоруллубут куурусса этигэр — 2,5%, куурусса буутугар —  2,1%.

Атын аһылыктартан сыана ордук оҕуруот аһын кэнисэрбэтигэр ыараабыт – 4,6%, фрукталаах-отонноох оҕо аһылыга — 4,2%, 2,5% -наах иһэр үүт сыаната -3,2%, 3,2%-наах иһэр үүт – 4,1%, бурдук – 3,6%, куурусса сымыыта – 3,4%.

Ону тэҥинэн, сүбүөкүлэ сыаната 1,9%, виноград 5,3%, эриэппэ лууга 5,5% түспүт.

Атын табаардары ыллахха, култуура табаардарыгар – 4,2%, кыылларга аналлаах табаардарга –1,7%, чукку-наскы –1,0%, миэбэл – 0,6% сыана үрдээбит. Сууйар-тарыыр тэрилгэ сыана 0,8%  түспүт.

Алтынньыга тэлэбиисэр, араадьыйа табаардарыгар сыана үрдээбит, көмпүүтэр монитора — 2,9%, моноблок – 1,8%, ноутбук –  1,6%, дьиэ төлөпүөнүн сыаната –1,3%, тэлэбиисэр – 0,6% үрдээбит.

Алтынньыга поезд, такси сыаналара 1,9% үрдээбит. Эконом кылааһынан сөмөлүөткэ көтөөһүн  – 0,5%. Тас дойдуга сынньарга харчы өттүнэн ордук табыгастаах Турция  буолбут, манна туризм сыаната 18,0% чэпчээбит, ОАЭ барыы — 4,0%.Чаһы өрөмүөнүгэр (8,2%), бүрүүкэ абыраҕар 3,8%,  химчистка, прачка өҥөлөрүгэр – 2,0% сыана үрдээбит.

Маны таһынан, доруобуйа харыстабылыгар сыһыаннаах өҥөлөргө сыана 1,2% түспүт, оттон баҕа санаа өттүнэн сыллааҕы страховкаҕа (КАСКО) 4,1% үрдээбит.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА