15 Тохсунньу 15.01
  • -40°
  • $ 103,44
  • 106,25

Сахамин Афанасьев: Конституцияҕа көннөрүүлэри киллэрии Россия сайдыытыгар улахан кыаҕы биэриэ

16:02, 10 июня 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Экология миниистирэ Сахамин Афанасьев бэлиэтээбитинэн, РФ Конституциятыгар көннөрүүлэри киллэриигэ куоластааһын Россия уопсастыбатын түмсүүтүн уонна сомоҕолоһуутун көрдөрүөҕэ.


«Көннөрүүлэр ис хоһоонноро улахан интэриэһи үөскэттэ. Ити эрээри — социальнай мэктиэҕэ быраап, үлэ харыстабыла, дьиэ кэргэн сыаннастара, Россия суверенитетын көмүскэлэ, гражданскай уопсастыба сайдыыта, айылҕа баайын харыстабыла, култуура, үгэстэр уонна наука ситиһиитэ —  курдук олус суолталаах хайысхаларга болҕомто ууруллубутун ким утарылаһыай?», — диэтэ миниистир Сахамин Афанасьев.

Кини бэлиэтээбитинэн, куоластааһыҥҥа уопсастыба түмсүүтэ уонна сомоҕолоһуута көстүөхтээх.

«Сүрүн сокуон бүгүҥҥү олоххо сөп түбэһиэхтээх. 1993 сыллаахха ылыллыбыт Конституцияттан кэмиттэн олохпут чыҥха уларыйда. Өйүүр эбэтэр утарар — хас биирдии киһи бэйэтин толкуйа. Ол гынан баран саҥа киллэриллэр көннөрүүлэр Россия сайдыытыгар кыаҕы түстүүллэрин утарсыа суохтаахпыт», — диэтэ миниистир.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА