23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

"Сахамедиа" кэлэктиибигэр "Саха сирэ" уонна "Якутия" хаһыаттар кылаабынай эрэдээктэрдэрин билиһиннэрдилэр

18:00, 13 июня 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба дьаһалтатын салайааччы Федор Борисов «Сахамедиа» холдинг кэлэктиибигэр «Якутия» уонна «Саха сирэ» судаарыстыбаннай хаһыаттар саҥа кылаабынай эрэдээктэрдэрин билиһиннэрдэ. Дуоһунаска «Якутия» хаһыат бэлиитикэҕэ ырытааччыта Федор Григорьев уонна «Саха сирэ» хаһыат кылаабынай эрэдээктэрин бастакы солбуйааччынан үлэлээбит Прокопий Бубякин ананнылар. 


«Саҥа анаммыт кылаабынай эрэдээктэрдэр тустарынан бу олорооччулартан ким баҕарар миэхэ бэйэбэр билиһиннэриэн сөптөөх. Дуоһунаска анаммыттар эһигини кытта бииргэ үлэлээбиттэрэ ыраатта. Мин инникитин хаһыаттар интэриэһинэй уонна тиийимтиэ буолалларыгар баҕарыам этэ«, — диэн Федор Борисов саалаҕа олорооччуларга туһаайан эттэ.

«Кылгас кэмҥэ кылаабынай эрэдээктэрдэр эбээһинэстэрин Прокопий Бубякин уонна Федор Григорьев туйгуннук толорон кэллилэр. Коллега-суруналыыстара инникитин даҕаны салайааччыларыгар Саха сирин общественнай-политическай олоҕун сырдатыыга күүс-көмө буолуохтара диэн эрэнэбин«, — диэн тустаах дьаһалта информационнай бэлиитикэҕэ департаменын салайааччыта Роман Мандзяк эттэ.

Тэрээһиҥҥэ «Саха сирэ» хаһыат урукку кылаабынай эрэдээктэрэ Чокуур Гаврильев кыттыыны ылла. Бу бэрт соторутааҕыта өрөспүүбүлүкэ сибээскэ уонна информационнай технологияларга миниистир солбуйааччытынан анаммыта. Кини холдинг сотрудниктарыгар кэскиллээх үлэни баҕарда.

«Икки хаһыат уонна информационнай агентство үлэтигэр уларыта тутууга элбэх саҥа уонна интэриэһинэй буолан ааста. Биһиги тираж үрдээһинин көрөбүт. Ааҕааччы иннигэр өссө улахан эппиэтинэс баар буолла. Маннык кэмҥэ миигин бөдөҥ хаһыат салайааччытынан үлэлиирбэр итэҕэйбиттэригэр махтанабын«, — диэтэ Федор Григорьев.

«Мин хаһыакка күүстээх, үтүө үгэстэрдээх кэлэктиип баарыттан үөрэбин. Салалта үлэлиирбэр итэҕэйбитигэр махтанабын. Биһиги куруук былааһы уонна норуоту сибээстиир муоста быһыытынан үлэлээбиппит. Бу соругу инникитин да толоруом дии саныыбын. Биллэн турар, инникигэ сайдыыны киллэрэ туруохтаахпыт«, — диэтэ Прокопий Бубякин.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА