Атырдьах ыйын бастакы аҥаара сайыҥҥылыы куйаас күннэри түстүүр. Сөбүгэр соҕус ардахтаах.
Атырдьах ыйын 1 күнүгэр ардаатаҕына — күһүнэ өксүөн, курааннаатаҕына — күһүнэ кураан.
Атырдьах ыйын 2 күнэ – Ылдьыын Таҥара. Бурдук буһар. Түүн хараҥаран барар. Кус оҕото көтөр. Куйаас аны түспэт, сөтүөлээһин уурайар.
Атырдьах ыйын 10 күнэ – моонньоҕон буһар.
Атырдьах ыйын 14 күнэ – Бастакы Ыспааһап, Ыспааһаптар ардахтара түһэр. Хотуур ортото. Ыҥырыа мүөт таһаарара уурайар.
Атырдьах ыйын 19 күнэ – Иккис Ыспааһап. Хаһыҥ түһэр.
Атырдьах ыйын 21 — 23 күннэрэ – Аан Дьааһыҥҥа анаан туом толоруохха сөп.
Атырдьах ыйын 21 күнэ – халлаан ыйын эргэтэ кэрэниитэ саҕаланар. Сити күн дьыл хайдах туруктаах да, тохсунньуга эмиэ үкчү оннук.
Атырдьах ыйын 23 күнүгэр ардаатаҕына, күһүн уһун дииллэр.
Атырдьах ыйын 29 күнэ – Үһүс Ыспааһап. От үлэтэ үмүрүйэр. Ый бүтүүтэ оту-маһы орохсутар тыал түһэр. Эһиил үчүгэй дьыл кэлиэх буоллаҕына, от кэнчээрилиир.
Социальнай ситимтэн.