Ыччат уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтин миниистирин бастакы солбуйааччы Василина Лукина 2018с. Арассыыйаҕа Үтүө дьулуур (волонтер) сыла биллэриллибитин туһунан бырабыыталыстыбаҕа ыытыллыбыт мунньахха санатта. Кини Сахабыт сирин улуустарыгар бу үтүө саҕалааһын олоххо 9 хардыы нөҥүө киириэхтээҕин эттэ.
Аһыныгас амарах санаалаах, сайаҕас сүрэхтээх үтүө дьулуур суолтатын үрдэтэргэ социальнай хайысхалаах коммерческай тэрилтэлэр кыттыахтара. Волонтердар олох араас эйгэтигэр: доруобуйа харыстабылыгар, кырдьаҕастарга көмө оҥорорго, тулаайах оҕолору өйүүргэ, алдьархайга түбэспит, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо көмөлөһөргө социальнай хайысханан үлэлэһиэхтэрэ. Үтүө дьулуур хамсааһына сайдарыгар быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ 65 тэрээһин ыытыллыаҕа.
Аһымал үлэнэн дьарыктанар түмсүүлэри тэрийэргэ, атаҕар туруорарга грант, субсидия бэриллиэҕэ, итиниэхэ Саха сирэ пилотнай бырайыак быһыытынан киирдэ. Кыһалҕалаах дьоҥҥо көмөлөһөр үтүө санаалаах волонтерунан баҕалаах киһи барыта, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорооччулар эмиэ үлэлиэхтэрин сөп. Кинилэр холобурдарын социальнай ситимнэринэн тарҕатыахтара. Ый ахсын бастыҥ волонтердар наҕараадаланыахтара.
Ил Дархан Егор Борисов хас биирдии муниципальнай тэриллиигэ социальнай үтүө дьулуур хамсааһынын тэрийэргэ сорудахтаата. «Үтүө санаа өрөспүүбүлүкэтэ» диэн аахсыйа амарах санаалаах дьону түмүөҕэ.
Үтүө дьулуур туһунан сокуон дойдуга ыам ыйын 1 күнүттэн олоххо киириэҕэ.