23 Сэтинньи 23.11
  • -21°
  • $ 102,58
  • 107,43

Саха уруутун бүтүн Арассыыйа көрдө-иһиттэ

15:32, 13 ноября 2023
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Сэтинньи 12 күнүгэр Москваҕа ВДНХ-ҕа буола турар «Арассыыйа» норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапка-пуорумҥа Саха сирин күнэ ыытылынна. Манна сахалыы уруу сиэрин-туомун көрдөрдүлэр. Киинэ, тыйаатыр артыыската Жанна Ксенофонтова уонна режиссер Владислав Федоров урууларын сахалыы сиэринэн-туомунан ыыттылар. Кинилэр бу тэрээһиҥҥэ кытталларыгар сайын куонкуруһу ааспыттара.
Сыанаҕа Олоҥхо тыйаатырын артыыстара кийиит кыыһы таҥыннарыы уонна алгыс сиэрин-туомун толордулар. Бу кэнниттэн эдэрдэр саахсаланнылар. Үөрүүлээх тэрээһини маассабай оһуокай түмүктээтэ.
— Саха сирин олохтоохторо дьиэ кэргэн сыаннастарыгар, үйэлээх үгэстэргэ ытыктабыллаахтык сыһыаннаһаллар. Дьиэ кэргэттэри өйөөһүн — Саха сирин сайдыытын биир суолталаах олуга. Саҥа тэриллибит дьиэ кэргэни олохторугар улахан суолталаах түгэнинэн эҕэрдэлиибин! Эдэрдэргэ дьолу, өйдөһүүнү, этэҥҥэ буолууну баҕарабын! — диэн Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ.

«Арассыыйа» быыстапка-пуорум бэрэсидьиэн Владимир Путин сорудаҕынан, сэтинньи 4 күнүттэн 2024 сыл муус устар 12 күнүгэр диэри ыытыллар. Манна дойду сүрүн ситиһиилэрин, эрэгийиэннэр туһалаах уопуттарын, норуоттар олохторо-дьаһахтарын, үгэстэрин көрдөрүөхтэрэ. Холобур, Арассыыйаҕа олорор бары омуктар урууларын сиэрин-туомун көрдөрүөхтэрэ. Саха сирэ биир бастакынан уруу сиэрин-туомун көрдөрбүтүн, тыһыынчанан көрөөччү көрдө-иһиттэ, сэҥээрдэ.

Ангелина Васильева, Саха сирэ

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар