22 Сэтинньи 22.11
  • -25°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха тылын тиэрминигэр хамыыһыйа тэрилиннэ

16:01, 07 июня 2023
Текст:
Фото: пресс-служба администрации главы и правительства Якутии
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин бырабыыталыстыбатын иһинэн саха тылын тиэрминигэр хамыыһыйа тэрилиннэ. Маннык сорудаҕы регион баһылыга Айсен Николаев төрөөбүт төрүт тыл күнүгэр анаан оҥордо.

Саҥа дьаһал туһунан өрөспүүбүлүкэ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Хамыыһыйа терминология систиэмэтин, наука хааччыйыытын, судаарыстыбаннай тыл харыстабылын тупсарыыга хайысхалаан үлэлиэҕэ. Наука, экономика, култуура уонна тиэхиникэ салааларыгар термин лексикатын оҥоруохтара.

Хамыыһыйа салайааччытынан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Сергей Местников буолла, састаапка 20 киһи киирдэ, олор ортолоругар учуонайдар, норуот депутаттара, уопсастыбанньыктар уонна суруналыыстар бааллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА