22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сириттэн Игнатьевтар дьиэ кэргэн «Төрөппүт албан аата» уордьанынан наҕараадаланнылар

11:32, 15 сентября 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин балаҕан ыйын 14 күнүнээҕи  ыйааҕынан  “Төрөппүт албан аата” (“Родительская слава”) уордьанынан Саха сириттэн Таатта улууһуттан Игнатьевтар дьиэ кэргэн  наҕараадаланнылар.

Life.ru суруйарынан, Арассыыйа бэрэсидьиэнин ыйааҕынан элбэх оҕолоох ыаллар оҕону иитиигэ уонна дьиэ кэргэн институтун бөҕөргөтүүлэрин иһин маннык уордьанынан наҕараадаланнылар.

Саха сириттэн «Төрөппүт албан аата» уордьанынан Кристина, Михаил Игнатьевтар уонна Кировскай уобаластан Лопатиннар дьиэ кэргэн наҕараадаланнылар.   Туһааннаах уордьан 2018 сылга ыам ыйын 13 күнүгэр олохтоммута.

Бастакы наҕараадалааһын Кириэмил Дыбарыаһыгар 2009 сыллаахха тохсунньу 13 күнүгэр буолбут. Онно “Төрөппүт албан аата” уордьаны 8 дьиэ кэргэн ылбыт.

Источник: edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА