Саха сиринээҕи быыбар киин хамыыһыйата иһитиннэрбитинэн, 2023 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ 61 быыбар хампаанньата ыытыллар, ол иһигэр олохтоохтор регион баһылыгын талыахтара. Биир кэлим быыбар күнэ — балаҕан ыйын 10 күнэ.
Маны сэргэ 2023 сылга Ил Түмэн уонна Дьокуускай куорат депутаттарын талыахпыт.
Оройуон сэбиэттэрин депутаттарын 21 оройуоҥҥа быыбардыахтара: Алдан, Амма, Анаабыр, Үөһээ Халыма, Бүлүү, Горнай, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Муома, Нам, Нерюнгри, Ньурба, Өлөөн, Сунтаар, Таатта, Уус Алдан, Уус Майа, Хаҥалас, Чурапчы, Эбээн-Бытантай.
Алта оройуоҥҥа — Үөһээ Халыма, Горнай, Кэбээйи, Нам, Эбээн-Бытантай, Уус Алдан, Уус Майа, Усуйаана уонна Таатта баһылыктарын талыахтара.
Маны сэргэ Саха сиригэр нэһилиэк быыбардара буолуохтара, бу — 21 баһылык уонна бэрэстэбиитэллээх уоргаттарга депутаттар талыллыылара.