Ааспыт сылга Wildberries онлайн маҕаһыыҥҥа атыыһыт ахсаана биэс төгүл улаатан, 91 тыһ тэҥнэспит. Итинтэн 75-80% дьоҕус урбаанньыттар эбэтэр бэйэ дьарыктаах дьон (самозанятые). Саха сирин урбаанньыттара 2020 сыл түмүгүнэн ордук көхтөөхтөрүнэн биллибиттэр. Кинилэр ахсааннара аҕыс төгүл эбиллибит.
Бэйэ дьарыктаах дьон ахсаана 10 тыһ киһиэхэ тэҥнэспит. Бу Wildberries-ка регистрацияланыы судургутуйбутун кытары ситимнээх.
Онлайн маҕаһыыны ордук хото Бурятия (11 төгүл), Хакасия (10 төгүл), Калмыкия (сэттэ төгүл), Забайкальскай кыраай (алта төгүл) урбаанньыттара баһылаабыттар.
2020 сыл түмүгүнэн дойду оҥорон таһаарааччылара Wildberries нөҥүө табаардарын үс бүк атыылаабыттар. Дьон ордук аһылыгы, таҥаһы, атах таҥаһын, доруобуйа, кэрэ буолуу табаардарын, кинигэни, дьиэ малын ылаллар эбит.
2020 сыл түмүгүнэн Wildberries эргийиитэ икки төгүл эбиллэн, 437,2 млрд солк тэҥнэспит.