Хаҥалас улууһун улахан делегацията Дьокуускайга «Гимны районов Республики Саха (Якутия)» бастакы хомуурунньугу билиһиннэрдэ. Кинигэҕэ 30 оройуон өрөгөй ырыалара киирдилэр, нуоталара уонна ааптардар, мелодистар, композитордар биографиялара суруллубут.
«Россия — моя история» история пааркатыгар саҥа күн сирин көрбүт таһаарыыны билиһиннэрии муус устар 26 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэ күнүн бырааһынньыгын чэрчитинэн ыытылынна.
Хомуурунньук биир сүрүн уратытынан QR кодтара буолаллар, бу көмөтүнэн өрөгөй ырыалары аудиоустууга истиэххэ сөп.
Дьоһун үлэни оҥорууну сүрүн көҕүлээччинэн Хаҥалас улууһун «Арчы дьиэтэ» норуот айар киинин дириэктэрэ Лидия Харитонова буолар. «Өрөспүүбүлүкэбит улуу үлэлэрин үйэтитэр баҕаттан оҥордум. Үйэлэргэ сыаннас буолан сахаларга хааллын. Хас биирдиибит төрөөбүт дойдутун историятын уонна култууратын убаастаатын, сыаналаатын. Онон бу хайысхаҕа биир баҕа санаам туолла, хомуурунньук таҕыста. Сотору кэминэн Саха сирин кэрэтин туойар ырыанньык таһаарар былааннаахпын», — диэтэ кини.