Саха сиригэр саамай хотугу Таҥаралаах сурук 3D-модель ылыаҕа. 2024 сыл бүтүөр диэри СО РАН гуманитарнай проблемалар уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар институттарын археология лабораторията былыргы суругу сыыппараҕа таһаарыаҕа, суруйда ТАСС.
Таҥаралаах Өлөөн өрүс уҥа биэрэгэр киһи кыайан тиийбэт сиригэр баар уонна Саха сирин култууратын нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин реестрыгар киирсэр. Лаборатория сотруднига Владислав Данилов эппитинэн, кинилэр хаартыскалардаах, быһаарар суруктардаах, виртуальнай моделлардаах геоинформационнай платформаны оҥорор баҕалаахтар.
«Платформа оскуола үөрэнээччилэригэр уонна регион историятынан интэриэһиргээччилэргэ туһалыаҕа. Холобур, Саха сирин историятын кинигэтигэр былыргы сурук 3D-моделынан QR-кодтаах буоллаҕына, киһи көрбүтүттэн эбии эмоция ылар», — диэтэ ТАСС-ка Владислав Данилов.