23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Саха сирин сабыллыбыт бөһүөлэктэриттэн көспүт дьоҥҥо 112 сертификат көрдүлэр

14:01, 22 октября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

РФ тутууга министиэристибэтэ бу сыл IV кыбаарталыгар Уһук Хоту уонна онно тэҥнэммит сирдэргэ сабыллыбыт нэһилиэнньэлээх пууннарыттан көспүт дьоҥҥо сертификат көрөрүн туһунан бирикээс таһаарда. Дьаһал Арассыыйа 4 субъегар көрүлүннэ. Ол иһигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр эмиэ, диэн СӨ тутууга министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.


Өрөспүүбүлүкэ 288 мөл. солк. суумаҕа 112 сертификаты ылыаҕа. Ол онтон үгүс өттө Үөһээ Дьааҥы оройуонугар Лазо диэн 1997 сыллаахха сабыллыбыт бөһүөлэк олохтоохторугар ананар.

Лазо көмүс хостооһун үлэтэ барар кэмигэр олохтоммут бөһүөлэгинэн буолар. Бөһүөлэккэ орто оскуола, култуура киинэ, эмп тэрилтэтэ, маҕаһыын баара. Көмүс хостооһун тохтообутун кэннэ бөһүөлэк умнууга барбыт, онтон сабыллыбыт. Оччолорго 100-кэ дьиэ кэргэн регистрациялыыр учуокка турбатах буолан, лицензияны ылар бырааптарынан туһамматахтар. Ол курдук, 2010 сыллаахха Үөһээ Дьааҥы оройуоннааҕы суутун уурааҕынан 95 дьиэ кэргэни сертификат ылааччылар испииһэктэригэр киллэрбит. Билигин кинилэр бу бырааптарынан туһанар буоллулар. Ол дьонтон билиҥҥитэ Саха сиригэр 30 дьиэ кэргэн баар, атыттара көспүттэр.

2005-2011 с.с. Саха сиригэр сабыллыбыт 12 бөһүөлэк олохтоохторугар уопсайа 1282 дьиэ сертификата бэриллибит.

Источник: https://www.sakhaparliament.ru/sa/uopsastiba/3380-112

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар