Быйылгы сылга олохтоох бюджеттарга дотацияҕа анаан 580 мөл тахса солк өрөспүүбүлүкэҕэ көрдүлэр. Үп министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, үбүлээһиҥҥэ бастыҥ үлэлээх муниципалитеттар хапсыахтара.
«Үп эйгэтигэр, олохтоох салайыныылар социальнай-экономическай сайдыыларыгар бастыҥ көрдөрүүлэри ситиһиилэрин көҕүлээһиҥҥэ судаарыстыбаннай бэлиитикэни ыытыыга үтүө түмүктэр баар буолуохтара», — диэтэ үп миниистирэ Валерий Жондоров.
Биэдэмистибэ баһылыга эппитинэн, дотация муниципалитеттар үлэлэрин көрдөрүүтүнэн ананар. Холобур, ылыллар дьаһалларынан Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба сорудахтарын толорууга, бюджет эйгэтин үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтиигэ уонна социальнай төлөбүрдэр кээмэйдэрин улаатыннарыыга региоҥҥа ылыллыбыт дьаһаллары олоххо киллэриигэ.