Бороҕон, Чараҥ уонна Мындааба сэлиэнньэлэригэр Саха сирин норуоттарын VIII спортивнай оонньууларын чэрчитинэн күрэхтэһии саҕаланна. Бүгүн, от ыйын 4 күнүгэр, волейболга, мини- футболга уонна оҕунан ытыыга көрсүһүүлэр саҕаланнылар, диэн СИА корреспондена иһитиннэрэр.
Хоккей кордугар аһаҕас салгыҥҥа мини- футболга бастакы матч бара турар.Бырагырааманы Алдан уонна Өлүөхүмэ оройуоннарын хамаандалара арыйдылар. Хоккей корта Мүрү күөлүн кытылыгар турар. Муостатын бүрүөһүнэ бары нормативтарга эппиэттиир, хамаандалар саҥа спортивнай объегы боруобалаатылар.
«Бүгүн спортивнай оонньуулар финальнай чааһын бастакы күрэхтэһиилэрэ саҕаланнылар. Мындааба уонна Чараҥ сэлиэнньэлэрин спортивнай саалаларыгар дьахталлар уонна эр дьон ортолоругар волейбол оонньуулара саҕаламмыттара. Чараҥҥа оҕунан ытыы официальнай чааһа буолап. Спортивнай оонньуулар бастакы мэтээллэрин хаһаайыннарын от ыйын 6 күнүгэр билиэхпит», — диэн СИА-ҕа Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларын кылаабынай судьуйата Гаврил Цыпандин иһитиннэрдэ.
Санатан эттэххэ, күрэхтэһии от ыйын 4-10 күннэригэр ыытыллыаҕа. 36 хамаандаттан 1800- тэн тахса спортсмен кыттыаҕа. Өрөгөйдөөх арыллыыта от ыйын 6 күнүгэр буолуоҕа.