Ол курдук, куонкурустаһар кыахтааҕынан эриэйтиннэһэр кыахтаах 300 оскуола кэккэтигэр 82-с нүөмэринэн В.П.Ларионов аатынан физика-тиэхиньикэ лиссиэйэ, 89-с нүөмэринэн Н.А.Алексеева аатынан тиэхиньиичэскэй лиссиэй, 110-с нүөмэринэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт сылдьаллар. Саха сирин атын оскуолалара тустаах испииһэккэ көстүбэттэр.
Инники күөҥҥэ сылдьар (ведущие вузы) үрдүк үөрэх кыһатыгар киирбит оҕотун ахсаанынан эриэйтиҥҥэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт 64-с миэстэҕэ сылдьар. Оскуоланы бүтэрээччитин 64,7% бүддьүөккэ, 19,1 % төлөөн киирбит, 16,2 % олимпиадаҕа кыттыбыт.
В.П.Ларионов аатынан физика-тиэхиньикэ лииссиэйэ 316-с нүөмэринэн турар. Бүддьүөккэ 48,3%, 34,8% төлөбүрдээххэ киирбиттэр, 16,9% олимпиадаҕа кыттыбыт.
Людмила Попова