Саха сириттэн төрүттээх икки спортсмен ТНТ ханаал ыытар «Титаны» спортивнай реалити-шоуга кыттар.
Каскадер, ММА тренерэ Валид Казанжи уонна шоссейнай-кольцевой мотогонка пилота Анна Коротких күүстээх киирсиини ааһаллар. Иккис сезон бастакы эргииригэр Россия 111 күүстээх атлета велотренажерга күрэхтэстэ.
Бары кыттааччылар икки бөлөххө араҕыстылар. Валид Казанжи «54» уонна Анна Коротких «23» нүөмэрдэринэн сайклинг бастакы бөлөҕөр түбэстилэр. Кинилэр 10-нуу мүнүүтэлээх киирсиини күүстэрин аттаран тулуйдулар.
Түһүмэх түмүгүнэн уон спортсмен шоуттан туораата.