Дзюдоҕа өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатын лидердара 23 саастарыгар диэри Россияҕа бастыыр иһин чемпионакка бэлэмнэнэллэр. Хамаандаҕа биэстэр — үс дьахтар уонна икки эр киһи.
Ол туһунан Саха сирин хамаандаларын спортивнай бэлэм киинигэр эттилэр.
Күрэхтэһии муус устар 19-21 күннэригэр Красноярскайга ыытыллар.
Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирдилэр: Россия чемпионката Аина Моисеева (48 кг), дойдуга бастыыр иһин киирсии призёра Сайыына Петрова (48 кг), дойду күүстээх спортсменнарын Спартакиадатын кыайыылааҕа Карина Ефимова (52), Уһук Илиҥҥэ чемпионат мэтээллээхтэрэ Магомед Аушев (73 кг) уонна Собирджон Оев (73 кг).
Түмүккэ Россия сүүмэрдэммит хамаандата талыллыаҕа.