22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

«Саха сирин чоҕугар наадыйыы улаатар». Айсен Николаев норуоттар икки ардыларынааҕы форумҥа кытынна

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр уонна Уһук Илиҥҥэ чох промышленноһа түргэн тэтимнээхтик сайдарын өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев Москваҕа буолбут Россиятааҕы энергетикэ нэдиэлэтин кэмигэр эттэ. Кини этэринэн, кэлэр 15 сылга чоҕу хостооһун УИФУо икки төгүл улаатыа, диэн иһитиннэрэр СИА. 


«Россиятааҕы энергия нэдиэлэтэ» норуоттар икки ардыларынааҕы форум Москва куоракка алтынньы 2 — 5 күннэригэр ыытыллар. Манна аан дойду энергетикэтин сайдыытын уонна чох инникитин тула кэпсэттилэр. Айсен Николаев Саха сирин холобуругар чох промышленноһын сайдыыта регион инфраструктуратыгар хайдах өйөбүл буоларын кэпсээтэ.

«Чох промышленноһа Саха сиригэр инники күөҥҥэ тутуллар салаа буолар. Уһук Илиҥҥэ элбэх саппаас баар — 35 млрд туонна, онтон 15 млрд — биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр. УИФУокурукка инники кыаҕа триллионунан туонна суоттанар, онтон 90%-на Саха сирин бассейннарыгар», — диэтэ кини.

Дойдуга Уһук Илин бу хайысхаҕа, Сибиирдээҕи уоукурук кэннэ, иккис миэстэҕэ турар. Былырыын 74 мөл туоннаны хостообуттара, онтон 17 мөл — Саха сиригэр.

«Бу биһиги муҥутуур рекорпут. Биһиги чох ырыынагын сайдыытын эрэллээхтик көрөбүт. Биһиэхэ таас чох хостонор, ол иһин энергетическай чох аан дойдутааҕы ырыынагыттан соччо тутулуга суохпут», — диэн өрөспүүбүлүкэ баһылыга эттэ.

Кини этэринэн, уон сыл иһигэр премиальнай кылааска киллэриллэр таас чоххо наадыйыы олус улаатыа.

Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар үлэлиир бырайыактар тустарынан кэпсээтэ: «Колмар» хампаанньа Денисовскай уонна Инаглинскай ХБХ уонна Эльгинскай сир баайдаах сир.

Айсен Николаев Уһук Илиҥҥэ кэлэр 15 сылга чоҕу хостооһун икки төгүл улаатыахтаах, ол эбэтэр 150 мөл туоннаны аһардыахтааҕын, 2023 сылга Саха сирэ 30 мөл туоннаны, оттон 2030-2035 сылларга — 50 мөл. туһаҕа таһаарыахтааҕын эттэ.

Маннык соруктары толорорго, регион баһылыга сүрүн боппуруостары быһаарыы наадатын мустубут дьоҥҥо эттэ. Ол эбэтэр тимир суол уонна муора портарын инфраструктураларын тэрийии хайаан да наадатын кэпсээтэ. Онуоха Байкало-Амурскай уонна Транссибирскай магистраллары модернизациялааһыҥҥа дьүөрэлии тутан ситиһэр наадатын ыйда. Бу туһунан Владимир Путин эмиэ эппитэ. Чох промышленноһын сайыннарыы олоххо-дьаһахха уонна, саамай төрүтэ, Уһук Илин сайдыытыгар күүстээх ис көҕү биэрэр диэтэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА