Өлүөнэ эбэни туоруур муоста Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии сүрүн бырайыактарыттан биирдэстэрэ. Дойду бэрэсэдьиэнин көмөлөһөөччүтүн Максим Орешкины кытта сүбэ мунньах түмүгүнэн, өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев иһитиннэрбитинэн, бырайыак бэлэмэ үрдүк таһымнаах. Ситэрии кэнниттэн Главгосэкспертиза көрүүтүгэр киллэриэхтэрэ.
Өлүөнэ эбэни туоруур муоста үс федеральнай, биэс региональнай суоллары, тимир суолу, аэропорду уонна өрүс пордун холбуур тутаах суолталаах.
«Биһиги бу боппуруоска балачча өр кэллибит. Бу судургутук быһаарылла охсубатын өйдүөххэ наада, манныкка маарынныыр уустук инженернэй тутуу аан дойдуга суох. Биллэн турар, бу ураты суолталаах эбийиэк балайда күндү. Маннык муостаны аҕыйах уонча миллиард суумаҕа киһи сатаан туппат. Бырайыак дойду салалтатын уонна бэрэсэдьиэнин таһымыгар хаста да дьүүллээһиҥҥэ тахса сылдьыбыта. Бу бырайыагы Арассыыйа бастыҥ исписэлиистэрэ оҥорбуттара, Росавтодор экспертнэй сэбиэтэ хаста да сырытта. Оҥоһуллубут быһаарыылар техническэй өттүнэн сөбүлэҥи ыллылар. Билигин биһиги Главгосэкспертизаҕа салгыы ыытар гына, бүтэһиктээх ситэриитин оҥордубут. Федеральнай бырайыак бэлэмин таһыма үрдүк. Салгыы сүрүн боппуруоһунан үбүлээһин буолар. Биһиги муоста бырайыагын маастар-былааҥҥа киллэрэммит, тутуу түргэн тэтиминэн барыа диэн эрэнэбит», — диэтэ Айсен Николаев.
Дойду бэрэсэдьиэнин көмөлөһөөччүтэ Максим Орешкин муоста тутуутугар федеральнай үп сорҕото номнуо ууруллубутун эттэ.
«Сүрүн боппуруос ханнык болдьоххо уонна хаһан олоххо киирэригэр сытар. Бырайыак быһаарыыларын барытын өйдүүргэ бэлэмнэнии наадалаах», — диэтэ Орешкин.