Саха сирин 3600-тэн тахса олохтооҕо Кыайыы күнүн көрсө биир кэмнээх төлөбүрү тутуоҕа. Маны сэргэ өрөспүүбүлүкэ аҕыс олохтооҕо 100 саастарын бэлиэтиэҕэ, иккитэ «Үйэ саас» Бочуоттаах бэлиэни уонна 100 тыһ солк бэлэҕи тутта. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев кырдьаҕастар Үрдүкү сэбиэттэрин кытта көрсүһүүгэ эттэ, суруйар СИА.
«Саха сиригэр бүгүн Аҕа дойду улуу сэриитин 29 кыттыылааҕа олорор. Кыайыы бырааһынньыгар сэрии кыттыылаахтара, өлбүт буойуттар огдооболоро, Ленинград блокадниктара, тыыл бэтэрээннэрэ — барыта 3600-тэн тахса киһи убаастабыл уонна махтал бэлиэтин быһыытынан биир кэмнээх төлөбүр ылыахтара. Үбүлүөйдээх сылга 600 бэтэрээн уонна сэрии оҕолоро санаторнай-курортнай эмтэниини ааһар кыахтаахтар, сэрии кыттыылаахтара олорор дьиэлэрин өрөмүөнүгэр материальнай көмө ылыахтара, тыыл бэтэрээннэригэр эмиэ харчынан көмө оҥоһуллуоҕа. Мин биһиги бэтэрээннэрбитигэр уһун олоҕу, дьолу ис дууһабыттан баҕарабын», — диэтэ Айсен Николаев.
Регион салайааччыта быйыл өрөспүүбүлүкэни кытта саастыы аҕыс кырдьаҕас 100 саастарын үбүлүөйүн бэлиэтииллэр. Аграфена Тин уонна Матрена Егорова «Үйэ саас» бэлиэни уонна 100 тыһ солк харчыны бэлэх туттулар.
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.