22 Сэтинньи 22.11
  • -33°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сиригэр «Зарница 2.0» регионнааҕы түһүмэҕэ түмүктэннэ

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр муус устар 26 күнүгэр  «Зарница 2.0» Россиятааҕы байыаннай-патриотическай оонньуу регионнааҕы түһүмэҕэ бүттэ.

Кыайыылаах этэрээт билиннэ, кинилэр Саха сирин Уһук Илиннээҕи түһүмэххэ көрдөрүөхтэрэ, тэрээһин Хабаровскайга сайын буолуоҕа.

Оонньуу Горнай улууһугар муус устар 24 — 26күннэригэр ыытылыннар уонна Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр ананна. 10 этааптаах ааста, 21 хамаанда өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан кытыннылар.

Улахан саастаахтарга Амма улууһун «Эрэл»хамаанда, ортолорго Горнай оройуонун  «Мохсоҕол» этэрээтэ бастаатылар. Оҕолор Хабаровскайга кыттар путевкалары туттулар.

Оонньуулары түмүктүүр күн «Движения первых» Саха сиринээҕи салаата уонна «За Отечество» бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи ассоциациялара оҕону патриоттуу иитиигэ сөбүлэҥ суруйустулар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА