Үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова социальнай ситимнэргэ кэпсээбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ кэнники кэмҥэ ыалга иитиллэн олорор кырдьаҕас ахсаана эбиллиэхтээх, СИА суруйар.
“250 кырдьаҕас буолара былааннанар. Билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыалга иитиллэн олорор кырдьаҕас ахсаана 211 тиийдэ. Ол иһигэр 160 тыа сиригэр, куораттарга – 51. Орто саас 67 — 70 лет”, – диэтэ миниистир.
Елена Волкова эппитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ социальнай хааччыйыы тэрилтэлэрин стационардарыгар олорор 1 уонна 2 группалаах инбэлииттэри иитиигэ анаан дьиэ кэргэттэри тэрийэр туһунан сокуон барыла бэлэмнэммит. Бу тустаах дьон дьиэ кэргэн усулуобуйатыгар күннээҕи көрүүнэн хааччылларыгар уонна тэрилтэлэргэ уочараты аҕыйатар.
«Приемные семьи для пожилых граждан» бырайыак Саха сиригэр 2013 сылтан үлэлиир. Соҕотох олорор кырдьаҕастар олохторун хаачыстыбатын тупсарар туһуттан ылыллыбыт дьаһал буолар.
Кырдьаҕаһы иитэ ылыыга үс өрүттээх дуогабар түһэрсиллэр: кырдьаҕас киһи, нэһилиэнньэ уонна үлэ социальнай көмүскэлин управлениета уонна иитэ ылааччы гражданин.