22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сиригэр учуонайдар үрүҥ эһэни кэтээн көрүүнү саҕалаатылар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Медвежьи острова» заповедникка күһүҥҥү авиамониторинг түмүктэннэ. Исписэлиистэр 60 үрүҥ эһэни бэлиэтээтилэр. Ол иһигэр, барыллаан хат үрүҥ эһэ баара билиннэ. Бу бастакы булумньу. Кэтээн көрүүнү салгыы ыытыахтара, СИА суруйар.

Заповедникка А.Н. Северцев аатынан Россия наукаларын академиятын уонна өрөспүүбүлүкэ биологияҕа институтун учуонайдарын бөлөҕө үлэлээтэ.

«Халлаан туруга соччото суох буолан, территорияны барытын көрбөтүбүт. Биир эрэ күн көтүү буолла. Ити эрээри авиамониторинг түмүгэ үчүгэй. Барыта 60 үрүҥ эһэни, ол иһигэр архипелаг арыыларыгар 30 тыһы үрүҥ эһэ баара билиннэ. Сүрүннээн биирдэригэр диэри  саастаах иккилии оҕолоохтор, ити эрээри быйылгы төрүөх кырачааннардаах пааралар эмиэ бааллар.

Бу кэмҥэ үрүҥ эһэлэр ас булуулара олус ыарахан буолар, «ластоногайдарга» бултаһалларыгар муус суоҕа мэһэйдиир, ити эрээри туруктара үчүгэй, эмистэр. Ити аата заповедникка астара үчүгэй», — «Өлүөнэ очуостара» национальнай паарка дириэктэрэ Аркадий Алексеев эттэ, заповедник бу тэрилтэ структуратыгар киирсэр.

Бу экспедиция уратыта диэн — эдэр тыһы үрүҥ эһэ көһүннэ. Исписэлиистэр наадалаах биоматырыйааллары уонна анаалыстары ыллылар. Кэтээн көрүүгэ бэлиэ ииллилэр. Билигин кыыл хат буоларын быһаараллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА