Дьокуускайга стратегическай сессияҕа өрөспүүбүлүкэҕэ «социальнай тулаайах» профилактикатыгар уонна иитэр дьиэ кэргэттэр практикаларын сайыннарыыга былаан бырайыактарын көрдүлэр.
Былаан быһыытынан, Саха сиригэр тулаайах уонна көрүүтэ суох хаалбыт оҕо ахсаанын үс төгүл аҕыйатар сорук турар. Дьаһал 2028 сылга диэри олоххо киириэхтээх. Ол туһунан социальнай сайдыы министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Тэрээһиҥҥэ Ханты-Мансийскай автономнай уокурук делегацията кытынна, улуустартан исписэлиистэр үлэлээтилэр. Кинилэр дьиэ кэргэн сыаннастарын, оҕо толору дьиэ кэргэҥҥэ иитиллиитин көҕүлүүллэр.
Тустаах боппуруоска регионнар уопуттарын атастастылар, туһалаах практикалары иһиттилэр, тирээн турар ыйытыылары дьүүллэстилэр.