22 Сэтинньи 22.11
  • -34°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сиригэр сыллата бөрө ахсаанын аччатыы үлэтэ ыытыллар

11:35, 04 декабря 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр сыл ахсын хас да тыһыынчанан ахсааннаах дьиэ кыылын бөрө тутар. Тыа хаһаайыстыбатыгар улахан хоромньу оҥоһуллар. Судаарыстыба өттүттэн үп-харчы тыырыллан, сыллата адьырҕа кыыл ахсаанын аччатарга үлэ барар.


Бөрө таһаарбыт хоромньутун кээмэйэ:

2018 2019
Дьиэ  табата 11 311 6461
Сылгы 187 102
Сүөһү 3 2
Ороскуот 283 275 тыһ. сол. 161 525 тыһ.сол.

Айылҕаҕа кыыл-сүөл үөскүүрүн үөрэтэр тэрилтэ быһаарбытынан, бөрө кыһыҥҥы суолунан аахтахха, өрөспүүбүлүкэҕэ бөрө ахсаана 12 тыһыынчҕа тэҥнэһэр.

Бөрөлөрү кытта утарылаһыыга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн араас хайысхаҕа үп тыырыллар. Тириини туттарыыга улахан бөрөҕө 20 тыһыынча солкуобай, оҕотугар биэс тыһыынча солкуобай төлөнөр. Бу хайысханан 2018 сылга биэс мөлүйүөн солкуобайтан тахса суума төлөммүт. 2019 сылга 20 мөлүйүөн солкуобайтан тахса суума тыырыллан турар. Мобильнай биригээдэлэри тэрийиигэ, капкааннааһыҥҥа, туһахтааһыҥҥа уо.д.а. бөрө ахсаанын аччатыыга туһаайыллар үлэлэргэ сыллата элбэх үп көрүллэр. Бу үлэ түмүгэр былырыын 718, онтон быйыл 521 бөрө бултанна. Бу уопсай бөрө ахсааныттан 20-25 бырыһыан буолар.

Бу үлэ ситэтэ суох диэн булт департаменын үлэһиттэрэ этэллэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА