РФ социальнай сулууспатын 105 уонна Саха сиригэр Үлэ сылыгар анаан өрөспүүбүлүкэҕэ бэс ыйын 5 күнүттэн социальнай үлэһит нэдиэлэтэ саҕаланна.
Бу күн Дьокуускайга регион соцтэрилтэлэрин салайаачылара мустан, семинар-мунньахха кытыннылар. Ол туһунан Үлэ министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
Тэрээһин инновационнай менеджмент үрдүкү оскуолатыгар ыытылынна. Үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова эппитнэн, социальнай сулууспа үлэһитэ ураты миссиялаах — ордук уйан дьон олоҕун таһыма дьоһуннаах буоларыгар ананар.
Семинар кэмигэр үлэ усулуобуйатын, квалификацияны үрдэтии туһунан кэпсэттилэр, идэлэригэр профилактикалары аастылар. «Защитники Отечества» судаарыстыбаннай пуонда регионнааҕы филиалыгар сырыттылар.