Саха сиригэр үлэлиир предприниматель нолуогар төлүөхтээх 6 мөл солк кистии сылдьыбыт. Холуобунай дьыала суукка бэрилиннэ, регионнааҕы силиэстийэлиир кэмитиэт биллэрдэ.
2022 сыл кулун тутар — ахсынньы ыйдарыгар декоративнай уонна тутуу тааһын, испиэскэ, гиипсэ, миэл, сланец хостооһунунан дьарыктанар хампаанньа нолуокка иэһиттэн куота сылдьыбыт. Ол инниттэн тэрилтэ счетугар харчыта суоҕун курдук көрдөрбүт.
Киирэр харчыны салайааччы счетун тумнан, оҥоһуллубут үлэлэргэ ыыта олорбут. Онон 6 мөл солк нолуокка төлүүрүттэн дьалты тута сылдьыбыт. Судаарыстыбаҕа хоромньутун толору уйунна.
Холуобунай дьыала суукка бэрилиннэ.