Бырагыраама кыттыылаахтара үөрэх кэмигэр бэйэ дьыалатын арыныыга уонна сайыннарыыга биир кэлим билиини ыллылар. Бизнес-визиттэргэ, дьыалабыай трениннэри аастылар, экспертэр уонна преподавателлэр лекцияларын иһиттилэр, түмүгэр бэйэлэрин бизнес-бырайыактарын оҥордулар.
Экспертиир хамыыһыйа быһаарыытынан, саамай элбэх баалы ылан, 150 тыһ солк граны Петр Артемьев ылла. Кини бырайыага тимиринэн оҥоһук оҥоруутугар мастарыскыай арыныыта. Кыайыылаах эппитинэн, «Папа-предприниматель» бырагыраама бизнеһин арынарыгар олук уурар. Билигин киниэхэ чуолкай сыаллаах — предприниматель буолан, бэйэ дьыалатын арынар.
«Мой бизнес» киин генеральнай дириэктэрэ Зоя Седалищева саҥардыллыбыт бырагыраама туһунан уонна тэрилтэ соруктарын кэпсээтэ. «Урукку өттүгэр биэс күн үөрэтэр эбит буоллахпытына, быйыл биир ый буолла, онон бары бииргэ бу кэми үөрэнэн аһардыбыт. «Мой бизнес» киин предпринимателлэргэ комфортнай усулуобуйаны тэрийэргэ дьулуһар, кинилэр бэйэлэрин баҕа санааларын олоххо киллэрэллэригэр», — диэтэ кини.