25 Кулун тутар 25.03
  • $ 80,96
  • 93,92

Саха сиригэр ойуур баһаарын ахсаана 30-ка диэри эбилиннэ

11:01, 14 июня 2022
Читайте нас на

Саха сиригэр бэс ыйын 14 күнүгэр сарсыарда 8 чааска 30 ойуур баһаара баара бэлиэтэннэ. Уот сиэбит уопсай иэнэ 12 945 га, экология министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.

Сэттэ баһаары Дьааҥы, Кэбээйи, Ленскэй, Нерюнгри уонна Уус Майа территорияларыгар умуруораллар. Үс уот Булуҥ уонна Усуйаана улуустарыгар баар.

Хонтуруолга 20 айылҕа баһаара тутуллар, аҕыс оройуоҥҥа. Уоту бохсууга «Авиалесоохрана» 286 парашютист-десантнига уонна 12 ойуур харыстабылын үлэһитэ кыттар. Түөрт техника үлэлиир.

Авиациянан уонна сиринэн ойуур пуондатын кэтэбил ыытыллар,  Ан-30 зондировщик-сөмөлүөт искусственнай ардаҕы ыҥырыыга көтүүлэри оҥорор.

Саха сиригэр баһаары утары оһуобай эрэһиим олохтонор.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА