Саха сиригэр ОДьКХ уонна энергетика эбийиэктэрэ оттук сезонугар бэлэмнэрэ 75% буолар. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ ОДьКХ уонна энергетикаҕа миниистирин эбээһинэһин толорооччу Виктор Романов Андрей Тарасенко ыыппыт мунньаҕар иһитиннэрдэ, диэн СИА кэпсиир.
Оттук кэмэ хаачыстыбалаахтык барарын туһугар 1 164 хочуолунай, 4 858 км итии ситимэ, 1 531 км уу ситимэ, 762,5 км канализация ситимэ, 887 км араас кылаастаах электропедачалар, 144 ДЭС ситимнэрэ капитальнай өрөмүөҥҥэ наадыйаллар.
Виктор Романов бэлэмнэнии ыстаатынай режиминэн баран иһэрин, ордук болҕомтону Ростехнадзор дьаһалларын толорууга уурулларын бэлиэтээтэ. Хочуолунайдары, уу уонна канализациятын ситимин бэлэмнииллэр, ону тэҥэ аварийнай оборудованиены, наадалаах матырыйаалы уонна чөлүгэр түһэрэр үлэлэри тэрийэллэр. Өрөмүөннүүр бырагыраамалары толоруу былааннаммыт режиминэн барар.
Бүгүҥҥү күҥҥэ оттук сезона Аллайыаха уонна Булуҥ оройуоннарыгар саҕаланна, ону тэҥэ Дьааҥы оройуона халаан уутуттан эмсэҕэлээн, социальнай уонна олорор дьиэ эбийиэктэрин эрдэттэн ититэн саҕалаатылар.
Андрей Тарасенко өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн социальнай эбийиэктэр оттук сезонугар бэлэмнэрин күүһүрдэргэ сорудахтаата.