23 Сэтинньи 23.11
  • -22°
  • $ 102,58
  • 107,43

Саха сиригэр мелиорация үлэлэригэр белорусскай техникалары аҕаллылар

Хаартыска: Тыа хаһаайыстыбатын пресс-сулууспата
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сири нүөлсүтүүгэ уонна тыа хаһаайыстыбатын хайысхаларын уунан хааччыйыыга управлениетыгар 16 техника уонна оборудование кэллэ. Уопсай суумата 215 мөл солк, лизинг усулуобуйатыгар, төлөбүр 5 сыл болдьохтоох.

Техникалар бааһыналары уонна ходуһалары чөлүгэр түһэриэхтэрэ, диэн туһааннаах министиэристибэ иһитиннэрдэ.

Ыам ыйын саҥатыгар Аллара Бэстээххэ управление илин эҥэр филиалларын баазатыгар 4 экскаватор кэлбит, марката «АМКОДОР ЭО-3223А». Техниканы тутуу ыам ыйын 30 күнүгэр былааннанар. Илин эҥэр уонна Бүлүү бөлөх улуустарыгар бэриллэллэр,

Техникалар «Развитие сельского хозяйства и регулирование рынков сельскохозяйственной продукции, сырья и продовольствия» өрөспүүбүлүкэ бырагырааматынан кэллилэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА