15 Тохсунньу 15.01
  • -43°
  • $ 103,44
  • 106,25

Саха сиригэр медицина көмөтүн СВО 2756 кыттыылааҕа ылла

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Саха сиригэр медицина көмөтө анал байыаннай дьайыы 2 756 кыттыылааҕар оҥоһулунна. Ол туһунан доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кылаабынай хирура Зораб Саакян брифиҥҥэ эттэ.

Кини бэлиэтээбитинэн, 1 966 байыаннай сулууспалаахха көмө амбулаторияҕа оҥоһулунна, 736 — стационарга. Медицина реабилитациятын СВО 309 кыттыылааҕа ааста. Психотерапевтическай уонна психиатрическай көмө 607 кыттыылаахха оҥоһулунна.

Ааспыт сыл муус устарыттан Саха сиригэр СВО кыттыылаахтарыгар диспансеризация ыытыллар. Барыта 800 киһи ааста. Үлэ быйыл салҕанар.

Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан Саха сирин быраастара саҥа территориялар эйэлээх олохтоохторугар медицина көмөтүн оҥоро бараллар. Бу үлэ Ил Дархан сорудаҕынан ыытыллар.

Докучаевскай куоракка билигин хирург, травматолог уонна реаниматолог үлэлии сылдьаллар. 2024 сыл муус устарга, от ыйыгар уонна алтынньыга офтальмологтар ДНР Кировскайыгар уонна Докучаевскайга үлэлээбиттэрэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА