2016-2017 кыстыгар оттук сезонугар быһа барыллаан араас источниктартан 27 миллиард солк. көрүллэрин туһунан ыам ыйын 30 күнүгэр СӨ ОДьКХ миниистирэ Алексей Колодезников суруналыыстарга иһитиннэрдэ.
«Биһиги кэлэр кыстыкка бэлэмнэнии үлэтин саҕалаатыбыт. ОДьКХ уонна уматык-энергетикэ комплексын объектарын бэлэмнээһиҥҥэ бырабыыталыстыбаннай хамыыһыйа тэрилиннэ», — диэн кэпсээтэ Алексей Колодезников.
Навигация кэмигэр 613 тыһ. тонна чоҕу, убаҕас ниэби, газоконденсаты уонна ниэб бородуукталарын, ону таһынан оҥорууга-тутууга туттуллар матырыйыылы тириэрдэр соруктаахтар.
«Ааһан эрэр оттук сезонугар ОДьКХ наадыйыытынан тириэрдиллэр таһаҕас былаанын аһары толордубут. Барыта 658 231, 4 тонна уматык-энергетикэ ресурсалара тириэрдилиннэ, ити туруоруллубут былаан көрдөрүүтүгэр 104,5% тэҥ», — диэтэ миниистир.