22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сиригэр көмүһү хостуур тэрилтэ өрүһү киртиппитигэр 1 мөл солк төлүөҕэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиринээҕи айылҕаны харыстыыр борокуратуура туруорсуутунан, «Норд Голд» тэрилтэ тулалыыр эйгэҕэ оҥорбут хоромньутугар 1 мөл солк төлүөҕэ. 

«Норд Голд» ХЭУо көмүһү хостуур учаастагыттан Рэдэргэ өрүскэ кирдээх уутун түһэрбит. Бу Алдан оройуонун сиригэр-уотугар.

Борокуратуура суукка тэрилтэ тулалыыр эйгэҕэ таһаарбыт хоромньутун этэн туран, 1 мөл солк төлүүрүгэр туруорсуу түһэрэр. Суут борокуратуура туруорсуутун сөптөөҕүнэн ааҕар.

Суут быһаарыыта сокуоннай күүһүгэр киирэ илик, өрүттэринэн ааһыныллын сөп.

Буруйдааһын ыстатыйалара — КоАП РФ 7.6 ыстатыйа (пользование водными объектами с нарушением установленных условий) уонна 8.13 ыстатыйа 4 чааһа  (нарушение правил охраны водных объектов).

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА