8 Балаҕан ыйа 08.09
  • 10°
  • $ 89,82
  • 99,72

Саха сиригэр итии күн-дьыл турар. Ойуурга уот турар куттала баар

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Саха сиригэр кэлэр үс сууккаҕа итии күн-дьыл турара бэлиэтэнэр. Ойуурга уот туруон сөбүн борогунуоһа үрдүк.

Авиалесоохрана суһал дааннайынан, от ыйын 9 күнүгэр сарсыарда өрөспүүбүлүкэҕэ 133 айылҕа баһаара баар, уопсай иэнэ 393 800 гектар. Сууккаҕа 2400 гектардаах сир уоттан босхолонно. 1694 киһи уонна 103 техника үлэлиир.

ЫБММ оһуобай хонтуруолугар нэһилиэнньэлээх пууҥҥа чугас сэттэ кутталлаах территория турар: Ленскэйгэ Турукта, Нерюнгрига Хани, Өлүөхүмэҕэ Бэс-Күөл, Куду-Күөл, Дабаан, Үөһээ Бүлүүгэ Булгунньахтаах, Алдаҥҥа Кутана.

Сэрэхтээх буолуҥ диэн иһитиннэрэллэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА