Саха сиригэр элбэх сыллаах ирбэт тоҥу кэтээн көрөр саҥа пууннары тупсаран оҥоруохтара. Ирбэт тоҥу мониториннаан көрүү систиэмэтэ Россия уон регионугар ыытыллар. Ол туһунан РФ айылҕа харыстабылын пресс-сулууспатыгар эттилэр.
Быйыл дойду үрдүнэн 48 скважина оҥоһуллар. Саха сиригэр, Алтайга, Бурятияҕа, Комига, Ненецкай, Чукотскай уонна Ямало-Ненецкай автономнай уокуруктарга, Амурскай, Архангельскай уонна Магаданскай уобаластарга, Красноярскай кыраайга үлэҕэ киириэхтэрэ.
Экология миниистирэ Александр Козлов эппитинэн, сүрүн үлэ быйыл Саха сиригэр ыытыллар, 2025 сылга Чукоткаҕа салҕанан барыаҕа.
«Элбэх сыллаах ирбэт тоҥу үөрэтии — национальнай сорук. Информация куттал суоһаабатыгар ананар, тутааччыларга, инженердарга рекомендациялары биэрэр. Дьиэлэр, суоллар уонна коммуникация уларыйыыларга сөп түбэһиллэн тутуллуохтаахтар», — диэтэ миниистир.