РФ айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ Саха сиригэр геологочискай чинчийэр үлэлэргэ үбүлээһини улаатыннардылар. Федеральнай бүддьүөттэн Арктикаҕа углеводородтары көрдүүргэ үс сыл устата 4,2 миллиард солкуобайы ыытыахтара. Саха сирэ Арассыыйа кэскиллээх регионугар киирсэр, манна бөдөҥ гаас баайдаах сирдэр бааллар.
«2023 сылга «Геология: возрождение легенды» федеральнай бырайыак чэрчитинэн нефть уонна гаас баайдаах сирдэри биэс эбийиэгинэн көрдүүргэ үлэ барар. Үбүлээһин уопсай суумата 4,2 миллиард солкуобай. Бу Саха сиригэр хотугу муора суолунан тиэллэр кыахтаах саҥа гаас кластерын тэрийэргэ көмөлөһүөҕэ», — диэн Арассыыйа айылҕа ресурсатын уонна экологиятын миниистирэ Александр Козлов бэлиэтээтэ.
«Саха сиригэр 2022 сылга 70 миллиард кубометр саппаастаах гаас хостонор сирин булубуттара. Бүгүн биһиги Алдан улууһугар промышленнай кластеры олоххо киллэриигэ үлэни салгыыбыт. Билигин айылҕаттан хостонор гаас, аммиачнай селитр, тимир руда, көмүс хостооһунугар үбү угуон баҕалаах инвестордар бааллар», — диэн Саха сирин промышленноһын уонна геологиятын миниистирэ Максим Терещенко кэпсээтэ.
Өрөспүүбүлүкэҕэ геолого-разведочнай үлэ былырыын саҕаламмыта уонна 2024 сылга түмүктэниэҕэ.