Суһал штаб тохсунньу 28 күнүгэр иһитиннэрбитинэн, ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 410 киһи үтүөрдэ. Үгүстэр ыарыыны чэпчэкитик аһардаллар, ити вакцинацияны кытта сибээстээх.
Сууккаҕа 141 киһи COVID-19 диагнозтаах балыыһаҕа киирдэ.
Барыта 2 305 киһи дьаҥҥа хаптарбыта бэлиэтэннэ.
Бастакы компоненынан өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 570 016 киһи быһыы ылла (79,5% нэһилиэнньэ улахан киһитин ахсааныттан).