Саха сиригэр компьютердары уонна ноутбуктары оҥорон таһаарар былааннаахтарын олохтоох предпринимателлэр Айсен Николаевка кэпсээтилэр. Ол туһунан регион салалтатын сайтыгар суруйдулар.
Предпринимателлэр Россия компоненнарынан олохтоох моноблоктары, компьютердары, ноутбуктары уонна системнай блоктары оҥорору былаанныылларын эттилэр. Кинилэр билигин холобурдар сертификация ааһалларын кэпсээтилэр.
Регион баһылыга бэлиэтээбитинэн, билигин олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарааччыларга саҥаттан саҥа хайысха, көрүҥ арыллан иһрэр. «Импортозамещение усулуобуйатыгар компьютердарга компоненнары оҥорууну сайыннарар наада. Дойду наадыйыытыгар туһалааҕы оҥорон таһаарыыга инникилээхпит», – диэтэ Николаев.
Көрсүһүү кыттыылаахтара эппиттэринэн, кинилэр ДНР-га Кировское куорат чөлүгэр түһүүтүгэр 2 №-дээх оскуолаҕа көмөлөспүттэр. Интерактивнай дуоскалары, компьютернай техниканы, оргтехниканы уонна миэбэли таҥан, туруоран биэрбиттэр.