24 Сэтинньи 24.11
  • -27°
  • $ 102,58
  • 107,43

Саха сиригэр баһаар сезонугар бэлэмнэнии саҕаланна

13:01, 05 февраля 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин бары улуустарыгар баһаар сезонугар бэлэмнэнии саҕаланна. Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин үлэһиттэрэ Орто Халыма улууһугар сүбэ мунньах ыыттылар. Манна ойуур баһаара 10 нэһилиэккэ суоһуур кутталлаах. 


Мунньах түмүгүнэн нэһилиэктэр бүддьүөттэригэр минерализованнай балаһалары хаһыыга, эбийиэктэр ардыларыгар баһаартан харыстыыр хаһыылары бэлэмнииргэ итиэннэ уоту кытары охсуһууга эбии мал-сал, тэрил ыларга үп көрөрү сүбэлэстилэр.

«Нэһилиэктэр бэлэмнэрин кулун тутар, муус устар ыйдарга көрүөхпүт. Былырыын итинник бэрэбиэркэ кэмигэр Өлөөкө-Күөлгэ, Эбээххэ, Сылгы Ыытарга, Сыбаатайга, Арҕахтаахха дьиэлэр ойууртан чугастара, нэһилиэктэр тулаларыгар минерализованнай балаһалар суохтара, эбийиэктэр икки ардыларыгар араас бөх-сыыс мустубута, эрбэһин саба үүммүтэ быһаарыллыбыта», — диир Орто Халыматааҕы МЧС профилактикаҕа отделын салайааччы Фрументий Саввинов.

Былырыын Орто Халыма улууһугар 1,5 мөлүйүөн гектарга 135 ойуур баһаара бэлиэтэммит. 42 мөл сууммалаах хоромньу тахсыбыт.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи КЧС мунньаҕын түмүгүнэн баһаартан сэрэхтээх буолуу ыйа ыам ыйыгар бары улуустарга биллэрилиннэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА