22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сиригэр ас-үөл наборун алын кээмэйэ 9613 солк. тэҥнэстэ

Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Быйыл тохсунньу ый бүтүүтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүнэн ас-үөл наборун кээмэйэ ортотунан 9613,0 солк. тэҥнэстэ уонна ааспыт ыйдарга тэҥнээтэххэ 0,7% үрдээтэ.

Сахастат дааннайынан, Саха сирин куораттарын уонна оройуоннааҕы кииннэрин ортолоругар  сыананы кэтээн көрүү түмүгүнэн, набор сыанатын муҥутуур кээмэйэ Зырянкаҕа (12 770,1 солк.), саамай кырата – Нерюнгри куоракка (8 342,3 солк.) регистрацияланна.

2024 сыл тохсунньутугар бу иннинээҕи ыйдарга тэҥнээтэххэ сыан үрдээһинэ бэлиэтэнэр: куурусса сымыыта 2,9%, ынах арыыта — 1,8%, пастеризованнай үүт —  2, 5 -3,2%, сыыр- 1,5%, бурдук — 1,3%, килиэп уонна бурдук аһа – 1,2%, хара килиэп  — 0,6%, саахар — 0,2%.

Ону таһынан, сыана түһүүтэ регистрацияланна: тоҥоруллубут балык — 2,2%, мас арыыта — 1,1%, ириис курууппа  – 0,6%. Эт аһылыктан ынах этин сыаната  — 2,1%, сибиинньэ этэ – 0,9%, куурусса — 0,7% үрдээбит.

Оҕуруот аһыгар сыана оҕурсууга -14,2%, хаппыыстаҕа уонна моркуопка — 1,5%, дьаабылыкаҕа — 0,7% үрдээбит, оттон ол кэмҥэ хортуоппуй сыаната — 0,5%, эриэппэ луук  -1,9%-нан түспүт. Ол туһунан Сахастат пресс-сулууспата суруйда диэн иһитиннэрэр Саха сирэ саайт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА