22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сиригэр Ан-2 сөмөлүөт радартан сүттэ. Холуобунай дьыала тэрилиннэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр Ан-2 сөмөлүөт радартан сүттэ. Көрдөөһүҥҥэ авиация турунна, ЫБММ регионнааҕы пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Холуобунай дьыала тэрилиннэ.

Сөмөлүөт бэс ыйын 21 күнүгэр 6:30 чааска Үс Хатыҥ — «Вертикальнай» (Кэбээйи улууһа) — Үс Хатыҥ хайысханан көттө.

9:00 чааска «Вертикальнай» былаһааккатыгар олоруохтааҕа, ити эрээри бириэмэтигэр тиийбэтэх, радартан сүппүт.

Бортка, барыллаан биллэриинэн, үс киһи баар: экипаж икки чилиэнэ уонна пассажир, диэн  ЫБММ регионнааҕы пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. Биир туонна таһаҕас тиэйиилээҕэ биллэр.

СИА-ҕа «Полярные авиалинии» АХ иһитиннэрбитнэн, көрдөөһүҥҥэ 12:56 чааска Ан-26 үс быыһааччылаах көппүт.

Силиэстийэлиир уорганнарынан Саха сиригэр сөмөлүөт радартан сүппүтүнэн холуобунай дьыала тэрилиннэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА