8 Балаҕан ыйа 08.09
  • $ 89,82
  • 99,72

Саха сиригэр 50-тан тахса сыл бииргэ олорбут ыаллары наҕараадалыахтара

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Дьиэ кэргэн уонна ыал буолуу институтун бөҕөргөтөр, дьиэ кэргэн сыаннастарын харыстыыр, киэҥ араҥаҕа сырдатар, төрөппүт дьиэ кэргэнигэр уонна уопсастыбаҕа туругун тупсарар сыалтан, Саха сирин баһылыга Айсен Николаев «Семейная доблесть» бэлиэни туттарар туһунан ыйаахха илии баттаата.

Бэлиэнэн  50-тан итэҕэһэ суох сыл эр-ойох буолан олорбуттарын үбүлүөйдээччилэр наҕараадаланналлар. Оҕо иитиитигэр, дьиэ кэргэн сыаннастарыгар кылааттаахтар болҕомтоҕо ылыллаллар.

«Россияҕа дьиэ кэргэн, Саха сиригэр оҕо аймах сылларыгар Саха сиригэр бигэргэммит «Семейная доблесть» бэлиэ дьоллоох, тирэхтээх дьиэ кэргэн дьиҥнээх бэлиэтинэн буоларыгар эрэнэбин!» — телеграм-ханаалыгар Айсен Николаев суруйда.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА