22 Сэтинньи 22.11
  • -31°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сиригэр 4000 тахса киһи социальнай хантыраагынан көмө ылар

14:02, 09 ноября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Социальнай хантыраагынан кыра дохуоттаах дьиэ кэргэттэр эбэтэр соҕотоҕун олорор дьон туһаныахтарын сөп. Быйыл 303 мөл солк көрүлүннэ диэн, СИА-ҕа үлэ министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. Өйөбүл сыала — бэйэ дьыалатын арыйыы, ыал социальнай адаптацията — сотору бу хайысханан ылыллар миэрэ өссө кэҥиэҕэ. 


Бэйэ дьыалатын тэриниигэ уонна тус хаһаайыстыба тэриниигэ көмө орто суумата — 187 тыһ солк, олох ыарахан кэмин аһардыныыга  — 14800 солк.

Социальнай хантыраагы тус хаһаайыстыба тэриниитигэр, бэйэ дьыалатын арыйыыга түһэрсиллэр. Көрүллүбүт үбүлээһини онно анаан табаар атыылаһыытыгар, өҥө ылыытыгар, ол иһигэр хаһаайыстыбаннай тутууларга өрөмүөн үлэтигэр, сааскы-күһүҥҥү тэрииргэ, арыгыттан акаастаныыга уонна да атын социальнай адаптацияны аһардыныыга туттуллар. Сотору кэминэн бу хайысха өссө кэҥээн биэриэхтээх.

Докумуону олорор сиргитигэр олохтоох бэйэни салайыныы уоргаттарыгар эбэтэр социальнай көмүскэл управлениетыгар туттарыллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА