Мэҥэ Хаҥалас социальнай көмүскэлгэ управлениетын исписэлииһэ Елена Макарова социальнай хааччыйыы маастарыстыбатын XI Россиятааҕы куонкурсугар «Лучшая практика внедрения социального контракта» номинацияҕа кыайда.
Саха сирин бырайыага 2000-тан тахса үлэ ортотугар лидер буолла, үлэ министиэристибэтигэр сигэнэн СИА суруйар.
РФ миниистирэ Антон Котяков кыайыылаахтары эҕэрдэлээтэ. «Бары практикалар болҕомтону эрэйэллэр, оттон финалистар үлэлэрэ дьоһуннаахтар. Хас биирдии бырайыак – кыра дьыала көмө көрдөөбүт дьон олоҕун хаачыстыбатын тупсарыан сөбүн көрдөрөр холобур буолар», – диэтэ Антон Котяков.