Бу күннэргэ РФ Силиэстийэлиир кэмитиэтин Саха сиринээҕи управлениета идэлээх бырааһынньыгын — Силиэдэбэтэл күнүн — бэлиэтээтэ.
Бу бэлиэ күҥҥэ управление салалтата суруналыыстарга аан бастакытын хас да хайысханан ыыппыт куонкуруһун түмүгүн таһаарда. «Саха сирэ» хаһыат ырытааччыта Вера Макарова-Бэрээдэк Биэрэ «Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор бырааптарын көмүскээһиҥҥэ бастыҥ сырдатыы иһин» диэн номинацияҕа бастаан, 1-кы степеннээх дипломунан бэлиэтэннэ. Суолталаах наҕарааданы суруналыыска РФ Силиэстийэлиир кэмитиэтин Саха сиринээҕи управлениетын салайааччыта, юстиция генерал-майора Олег Мезрин туттарда.
Вера Макарова «Саха сирэ» хаһыакка «Киһи уонна сокуон» анал балаһаны таһаарбыта сүүрбэччэ сыл буолла. Суруналыыс ырытан суруйар сытыы тиэмэлэриттэн биирдэстэринэн сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор бырааптарын көмүскээһин буолар.
РФ Силиэстийэлиир кэмитиэтин Саха сиринээҕи управлениетын салайааччытын иһитиннэрэр-биллэрэр ситимнэри кытта бииргэ үлэлээһиҥҥэ ыстаарсай көмөлөһөөччүтэ Надежда Дворецкая бэлиэтииринэн, Вера Макарова бу дьоһуннаах наҕараадаҕа оҕолорго туһуламмыт буруйдары сэрэтэр матырыйааллар тиһиктэрин утумнаахтык бэлэмнээн таһаарарын иһин тигистэ.