22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сирэ быйылгы кыстыгар толору оттоох киирдэ

11:01, 06 декабря 2023
Текст:
Хаартыска: СИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Быйыл 466 тыһыынча туонна от (ол иһигэр мобильнай биригээдэлэринэн — 34,6 тыһыынча туонна), 28,5 тыһыынча туонна сиилэс, 15,7 тыһыынча туонна сенаж бэлэмнэннэ. Билиҥҥитэ сүөһүгэ бу бэлэмнэниллибит от, ас тиийэр, өрөспүүбүлүкэ тас өттүттэн тиэйиллэрэ былааннаммат, суруйда Ангелина Васильева, «Саха сирэ» сайт.

Сүөһү, сылгы аһын бэлэмнээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 356 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ.

Быйыл тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы судаарыстыбаннай бырагырааматынан, Уус Алдаҥҥа, Аммаҕа, Өлүөхүмэҕэ уопсайа 3000 туонна батар бурдук ыскылааттара тутуллубуттара.

Дьааҥыга, Бүлүүгэ, Өлүөхүмэҕэ барыта 360 сүөһү турар үс хотон тутуутугар 148,9 мөл. солк. көрүллүбүтэ. Эбийиэктэр эһиил тутуллан киириэхтээхтэр.

Хаҥалас улууһун Улахан Аан сэлиэнньэтигэр «Бөртө» сылгы собуота «Бөртө-Ас» оҥорон таһаарар кэпэрэтиип 200 сүөһү киирэр хотоно тутулунна. Манна тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин гранынан 10,5 мөл. солк. туһаннылар. «Бөртөҕө» 1,16 тыһыынча сүөһүнү уонна 1,06 тыһыынча сылгыны иитэллэр.

Ленскэйгэ 250 уонна 100 төбөҕө анаммыт икки тарбыйах хотонун уонна 300 сүөһүгэ анаммыт сайылыгы туттулар. Манна Ленскэй оройуона 60 мөлүйүөн солкуобайы көрдө. «Батамай» хаһаайыстыба бэйэтин үбүн эбии  укта.

2018-2022 сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ 24 сайылык, 2310 сүөһү киирэр 17 хотон тутулуннулар.

2019-2023 сылларга «Агростартап» хайысхатынан 153 грант, кэпэрэтииптэргэ  74 грант бэрилиннэ. 5 сыл иһигэр кэпэрэтииптэр уопсайа 1400 сүөһү киирэр 14 аныгы хотоннору туттулар, 4 хотон тутулла сылдьар.  2023 сылга 5 сайылыгы, 4 хотону, 1 оҕуруот аһын харайар ыскылааты тутарга үп көрүллүбүтэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА