27 От ыйа 27.07
  • 22°
  • $ 85,57
  • 93,26

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Дьиэ кэргэн күнүнэн эҕэрдэтэ

15:33, 15 мая
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!

Аан дойдутааҕы Дьиэ кэргэн күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!

Дьиэ кэргэн – киһи сүрүн сыаннаһынан, судаарыстыба суолталаах тирэҕинэн, киһини иитэр көмүс ньээкэ уйата буолар. Норуот сиэр-майгы уонна духуобунай сыаннастара, үгэстэрэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэ тураллар. Дьиэ кэргэн – биһиэхэ күүс-уох уонна билии биэрэр бигэ тирэхпит.

Россия Федерациятын Президенэ Владимир Владимирович Путин 2024 сылы дойдуга Дьиэ кэргэн сылынан биллэрэн, Россия элбэх оҕолоох дьиэ кэргэнэ саҥа нуорма, саҥа сыаннас уонна уопсастыбаҕа саҥа ориентир буолуохтаах диэн сорук туруорбута. Судаарыстыба баһылыга «Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэни өйүүр дьаһаллар тустарынан» ыйаахха илии баттаабыта, бу ыйааҕынан элбэх оҕолоох ыал дойду үрдүнэн федеральнай статустаах буолара олохтоммута.

Саха сиригэр дьиэ кэргэни өйүүр үлэ өрдөөҕүттэн ыытыллар. Өрөспүүбүлүкэбит бастакы президенэ Михаил Ефимович Николаев өссө 1993 сыллаахха «Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн статуһун туһунан», «Ийэҕэ үрдүк махтал Бэлиэни олохтуур туһунан», 1994 сыллаахха – «Оҕолоох дьиэ кэргэннэр социальнай көмүскэллэрин күүһүрдэр туһунан» ыйаахтары таһаарбыта. Өрөспүүбүлүкэҕэ аҥардас 1990-2003 сылларга дьиэ кэргэни, ийэ буолууну уонна оҕо аймаҕы өйүүргэ туһуламмыт 100 кэриҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин ыйааҕа уонна дьаһала, өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын уурааҕа уонна дьаһала тахсыбыта. Бу үлэ көхтөөхтүк салҕанар. Өрөспүүбүлүкэҕэ ийэ буолууну уонна оҕо аймаҕы өйөөһүнү үбүлээһин 2018 сылтан аҕыс төгүл үрдээн 29,5 млрд солкуобайга тэҥнэстэ. Саха сирэ элбэх оҕолоох ыал ахсаанынан Уһук Илиҥҥэ инники күөҥҥэ сылдьар. 34 тыһыынча элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ 118 тыһыынча оҕо улаатар. Төрөөһүн ахсаанынан биһиги эрэгийиэммит Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка бастакы, оттон дойду үрдүнэн – ахсыс миэстэлээх. Онно федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи өйөбүл дьаһаллара төһүү күүс буолаллар.

Дьиэ кэргэн сылыгар ииттинэр кыахтаах уонна бигэ туруктаах дьиэ кэргэн үтүө аатын өрө тутарга ураты суолтаны уурабыт, оҕолоох, эдэр уонна элбэх оҕолоох кыһалҕаны көрсүбүт дьиэ кэргэннэргэ өйөбүл оҥоробут. Ол курдук, үһүс уонна онтон кэлэр оҕо төрөөтөҕүнэ көрүллэр «Дьиэ кэргэн» эрэгийиэннээҕи ийэ хапытаала икки төгүл үрдээн, 300 тыһыынча солкуобайга тэҥнэстэ. Түөрт ый устата бу өйөбүлү 370 ыал ылла.

Өрөспүүбүлүкэҕэ Дьиэ кэргэн сылыгар киллэриллибит сүрүн көҕүлээһининэн 25 саастарыгар диэри бастакытын ыал буолбут дьоҥҥо биир кэмнээх 50 000 солкуобай суумалаах төлөбүр олохтоммута буолар. Бу өйөбүлү сыл бастакы 4 ыйыгар 264 эдэр ыал ылла.

Өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар олохтоммут «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал болдьоҕо 2025 сылга диэри биэс сылга уһатылынна. Дьиэ кэргэн сылын, ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас сылын бастакы 4 ыйыгар бу хапытаалы 3271 ыал тутта. Ону таһынан, муус устарга «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэннэри өйүүр эбии дьаһаллар тустарынан» ыйаахха илии баттаабытым. Бу ыйааҕынан Саха сирин элбэх оҕолоох дьиэ кэргэннэрэ коммунальнай өҥөнү төлүүллэригэр төлөбүр олохтоммут кээмэйиттэн 30%-тан кырата суох чэпчэтиинэн туһанар бырааптаналлар. Ону тэҥэ, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэннэр оскуолаҕа үөрэнэр оҕолоро босхо аһыыр уонна уопсастыбаннай тырааныспарынан босхо сылдьар буолуохтара. Ыйыллыбыт миэрэлэр өрөспүүбүлүкэҕэ бу сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн олоххо киириэхтэрэ.

Күндү өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо!

Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнүнэн өссө төгүл эҕэрдэлиибин! Бу сааскы күн эһиги дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу, кытаанах доруобуйаны, бигэ санааны уонна ситиһиилэри баҕарабын! Дьиэ кэргэҥҥитин, чугас дьоҥҥутун кытта өрүү бииргэ буолуҥ!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана                                   А.С.Николаев

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА